Оҕо-ыччат сайдыытыгар үтүмэн үтүөлээх, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Майа сэлиэнньэтин, Бүтэйдээх нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Учууталлар учууталлара”, Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Мастер-умелец” бэлиэлэр хаһаайыннара, 2009 с. улуус ытык ыала, о.д.а. элбэх наҕараадалардаах Марфа Сергеевна Иванова балаҕан ыйын 20 күнүгэр 90 сааһын томточчу туолла. Бэлиэ даатанан ытык киһини улуус дьаһалтатыттан дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов, Майа дьаһалтатыттан баһылыгы социальнай боппуруоска солбуйааччы Вячеслав Санников, олохтоох дьаһалта сүрүннүүр исписэлииһэ Виктория Федорова, нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолуу управлениетыттан Мария Федорова дьиэтигэр тиийэн эҕэрдэлээтилэр.
Ытык кырдьаҕас Марфа Сергеевнаҕа Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин, Ил Дархан Айсен Николаев, улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев уонна улуустааҕы нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолуу управлениетын салайааччыта Иван Шестаков Эҕэрдэ суруктара, өйдөбүнньүк бэлэхтэрэ, тыыннаах сибэкки дьөрбөтө үөрүүлээхтик туттарылыннылар.
Махталын бэлиэтигэр Марфа Сергеевна: “Билиҥҥи олох сиэринэн аныгы оҕолор олоххутун этэҥҥэ олоруҥ, олоҕу сайыннарыҥ, тупсаран иһиҥ, сэрии буолбатын, ыччаппыт үлэлээх буоллун, дьонум-сэргэм баай-талым, дьоллоох-соргулаах олохтонуҥ”, ‒ диэн алгыһын анаата.
Марфа 1934 с. балаҕан ыйын 20 күнүгэр 1-кы Наахара нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ Күн сирин көрбүт. Ийэтэ Ирина Тимофеевна Игнатьева сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, аҕата Сергей Иннокентьевич Захаров холкуос бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбиттэр. Бииргэ төрөөбүт түөрт кыргыттартан улаханнара Марфа Захарова Тиэлиги алын сүһүөх, 2-с Наахара ситэтэ суох оскуолатын бүтэрэн баран салгыы үөрэнэн, 1955 с. Майа орто оскуолатын бүтэрэр. Оскуола кэнниттэн тута СГУ математикаҕа факультетыгар киирэн 1959 с. бүтэрэр. Кини Бүтэйдээх орто оскуолатыгар математика учууталынан, физмат кылааһыгар кылаас салайааччытынан үлэтин саҕалаабыта. Ол сыл өр сылларга билсиспит доҕорун Владимир Афанасьевич Иванову кытта ыал буолбуттар.
Владимир Афанасьевич Иркутскайдааҕы Хо Ши Мин аатынан омук тылын педагогическай институтугар ниэмэс тылын салаатын бүтэрбит. Эдэр учууталлар Бүтэйдээх оскуолатыгар үлэлиир сылларыгар түөрт оҕоломмуттара. Марфа Иванова түбүктээх үлэтэ үтүө түмүктэрдээх буолбута.
Бүтэйдээх орто оскуолатын 100 сыллаах үбүлүөйүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Учууталларын Учуутала» бочуоттаах ааты сүкпүтэ.
Кэргэнэ Владимир Афанасьевич Бүтэйдээх оскуолатыгар дириэктэри иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлии сылдьан, 1971 с. оройуон киинигэр райОНО иниспиэктэринэн ананан Майаҕа көһөн кэлбиттэрэ. Владимир Афанасьевич Иванов 1981‒1992, 1999‒2002 сс. оройуоннааҕы “Ленинскэй знамя” хаһыатын эрэдээктэринэн үлэлээбитэ. Кини сыралаах үлэтинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина үрдүк ааттарынан бэлиэтэммитэ.
Марфа Сергеевна Майа орто оскуолатыгар математика учууталынан ис сүрэҕиттэн билиитин биэрэн үлэлээбитэ. Кини талан ылбыт идэтинэн бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Бүтэйдээххэ 12 сыл үлэлээбит сылларыгар отуччаҕа чугаһыыр математик идэлээх ыччаты иитэн таһаарбыта. Кинилэр өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ, ону сэргэ, атын техническэй идэлэри да баһылаабыттар элбэхтэр, салайааччылар да үүнэн тахсыбыттара.
Марфа Сергеевна үөрэппит оҕолоро күн бүгүнүгэр диэри аанын саппаттар, кэмиттэн кэмигэр сылдьан сэһэргэһэн, сонуннарын үллэстэн, ис сүрэхтэриттэн махтаналларын биллэрэн бараллар диэн дьиэлээхтэр кэпсииллэр. Бу күн Бүтэйдээхтэр кэлэн эҕэрдэлээн, бэлэх туттаран барбыттар.
Марфа Сергеевна кыра кыыһа Валентина Егорова төрөппүттэрин туһунан маннык сырдатта:
‒ Төрөппүттэрбит иккиэн учуутал идэлээх дьон. Ыал буолан олохторун, үлэһит буолан үлэлэрин саҕалаабыт сирдэрэ Бүтэйдээх нэһилиэгэ, онон ийэбит Бүтэйдээҕин наһаа күндүтүк саныыр. Оҕолор төрдүөн онно төрөөбүппүт. Үс убайдарым кэннэ соҕотох кыыстара мин кэлэбин. Улахан убайым Сергей Владимирович Иванов Бүтэйдээххэ оскуоланы бүтэрбитэ. Кини инженер-механик идэлээх, билигин МУПК-ҕа автодело идэтигэр ыччаты уһуйар. Сергей Владимирович кэргэнэ Евдокия Николаевна ‒ Г.Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ.
Иккис убайым Иннокентий эдэр сааһыгар олохтон туораабыта, Новосибирскайга архитектор идэтигэр үөрэммитэ. Кыра убайым Афанасий физик идэлээх, өр сылларга Майа гимназиятыгар учууталынан үлэлээбитэ. Билигин култуура министиэристибэтин кииннэммит буҕалтыарыйатын сүрүннүүр исписэлииһэ. Кэргэнэ Изольда Владимировна омук тылын учуутала. Саха политехническай лиссиэйгэ идэтинэн үлэлиир. Кинилэр билигин Дьокуускайга олороллор. Изольда төрөппүттэрэ мин дьонум чугас доҕотторо, аҕата аҕабытын кытта биир кылааска үөрэммиттэр.
Мин идэбинэн алын сүһүөх кылаас учууталабын, кэлин Майа лиссиэйигэр үлэлээбитим. Кэргэним Петр Петрович Егоров худуоһунньук идэлээх, Таатта улууһугар уонна Хара бөһүөлэгэр технолог-учууталынан үлэлээбитэ. 2000 сылтан Майаҕа туой оҥоһуктарынан дьарыктанар “Туойаана” мастарыскыай арынаммыт үлэлиибит, элбэх маастар кылаастары ыытабыт, нэһилиэктэргэ тахсабыт. Өрөспүүбүлүкэбит, улууспут олохтоохторо өбүгэбит үгэһинэн оҥоһуллубут туой иһиттэри бэлэххэ-туһахха туттарга хамаҕатык атыылаһаллар.
Төрөппүттэрбит уон сиэннээхтэр, түөрт хос сиэннээхтэр. Биһиги аймахха учуутал идэлээх, айар-тутар дьоҕурдаах оҕолор элбэхтэр. Аҕабыт Владимир Афанасьевич Иванов наһаа үчүгэйдик уруһуйдуура, уопсайынан, дэгиттэр талааннааҕа. Суруйар, муусукалыыр, артыыстыыр, сыанаттан түспэт ырыаһыт, үҥкүүлүүр, хоһоонньут, тыл өттүгэр маастар, үчүгэй спортсмен, хайыһардьыт, хаҥкыһыт этэ. Иркутскайга үөрэнэ сылдьан тэҥнээхтэригэр иннин биэрбэтэх спортсмен. Ийэбит наһаа үчүгэй иистэнньэҥ, кыра эрдэхпитинэ барыбытын бэйэтэ тигэн таҥыннарара. Сигиэйкэ бэргэһэлэри көтүрэн истээх сон арааһын, бэргэһэттэн саҕалаан атах таҥаһыгар тиийэ тигэрэ, чараас да таҥаһынан иистэнэрэ, кэлин кыбытыктаах тигиини баһылаабыта. Инньэ гынан, биһиги оҕо эрдэхпититтэн үчүгэйдик таҥна сылдьыбыппыт. Мин сурунаалтан түспүт кыыс курдук таҥнарым. Этэрбэс диэни хаһан да атыыласпат этибит. Биэнсийэҕэ тахсан баран муода уларыйдаҕын аайы, онно сөп түбэһиннэрэн арааһы барытын аттаран тигэрэ. Математик буолан бэркэ ааҕан-суоттаан таһаарар.
Эһэлэрин утумнааннар икки сиэнэ муусукааннар, мин уолум Владимир Егоров уонна орто убайым кыыһа Сайыына Иванова.
Икки сиэнэ худуоһунньуктар, Сергей Владимирович улахан кыыһа Надежда Комиссарова уонна биһиги улахан кыыспыт Күннэй Иванова-Йэн Сур. Надежда Сергеевна график-худуоһунньук, Арктическай институт доцена, кыра кыыстара Любовь Сергеевна национальнай бибилэтиэкэ сүрүннүүр исписэлииһэ, техническэй отдел сэбиэдиссэйэ. Биһиги кыра кыыспыт Марфа Егорова компьютерга графическай дизайнер. Иккис убайым оҕолоро Мария Иннокентьевна Миронова М.Е.Николаев аатынан Национальнай мэдиссиинэ киинин онкологияҕа салаатын анестезиолог-сиэстэрэтэ, кини балта Сайыына Иннокентьевна муусука үрдүкү оскуолатын айт-скрипка идэлээх бүтэрэн өрөспүүбүлүкэ оркестрын муусукаана. Кыра убайым Афанасий Владимирович икки кыыстаах. Улахан кыыстара Анастасия Иванова социолог идэлээх, Дьокуускайга үлэлиир, кыра кыыстара Валентина Иванова техническэй идэлээх инженер-конструктор, Санкт-Петербурга олорор, үлэлиир.
Биһиги улахан кыыспыт Күннэй Иванова-Йэн Сур Арассыыйа художниктарын сойууһун чилиэнэ, дизайнер идэлээх, Ил Дархан пресс-сулууспатын техническэй дизайнера, элбэх быыстапкаларга кыттар. Улахан уолбут Айаал Егоров инженер, Алдаҥҥа көмүс хостуур хампаанньаҕа биир сүрүн исписэлииһинэн үлэлиир, кыра уолбут Владимир Егоров муусукаан, бэйэтэ устуудьуйалаах уонна кондитер идэлээх. Кыра кыыспыт Марфа Егорова графическай дизайнер, саҥа үөрэҕи бүтэрэн Москваҕа олороллор.
Дьоммут хос сиэннэрэ төрдүөлэр. 7-с кылаас үөрэнээччитэ Эрэл Егоров үчүгэйдик уруһуйдуур, араас оҥоһуктары лепканан оҥорор. Сайнаара Егорова 2-с кылаас, балет оскуолатыгар сылдьар, иккиэн Дьокуускай куорат 6-с нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ. Марселина Иванова “Айыы кыһата” национальнай гимназия 2-с кылааһын үөрэнээччитэ, үчүгэйдик уруһуйдуур уонна кыра сиэнэ Милиса Иванова 5 саастаах.
Биһиги оҕолоро төрөппүттэрбитинэн наһаа киэн туттабыт. Түгэнинэн туһанан, ис сүрэхпититтэн тапталлаах ийэбитин, эбэбитин, хос эбэбитин ытык сааһын туолбутунан эҕэрдэлиибит, — диэн өрө көтөҕүллэн олорон кэпсээтэ. Марфа Сергеевна күтүөтэ Петр Петрович Егоров билигин байыаннай дьайыыга дойду көмүскэлигэр сулууспалыы сылдьар.
Ытык саастаах Марфа Сергеевнаҕа чэбдик туругу, этэҥҥэ буолууну, уһун, дьоллоох олоҕу баҕарабыт.
Марелла Баишева.