Майаҕа “Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай кииҥҥэ Улуу Өктөөбү ахтар-саныыр аҕам саастаах көлүөнэ дьоммут сэтинньи 7 күнүгэр “Умнуллубат Өктөөп” диэн ахтылҕан киэһэтигэр муһуннулар.
Билиҥҥи аҕам саастаах көлүөнэ ол эдэр саастара ааспыт кэрдиис кэми күндүтүк саныыр, умнубат. Дьоро күн үөрүүлээх тэрээһинин “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук, И.М.Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ уонна Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинин үлэһиттэрэ тэрийдилэр. “Райпо бэтэрээннэрэ” түмсүү салайааччыта Анна Павлова уонна култуура киинин маассабай тэрээһиҥҥэ режиссера Галина Эверстова иилээн-саҕалаан ыыттылар. Ырыаһыттар Сардаана Осипова, Линда Захарова ырыанан эҕэрдэлээтилэр.
Арассыыйа хомуньуус баартыйатын бэтэрээнэ, Хорообут нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, Мэлдьэхси нэһилиэгин “Ытык тааһын” хаһаайына Александр Андреев, улуустааҕы хомуньуус баартыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, улуустааҕы “Сэрии сылын оҕолоро” түмсүү салайааччыта Анатолий Чичахов, Майа бэтэрээннэрин сэбиэтин салайааччы Павел Жирков Улуу Өктөөп 107-с сылын бэлиэтиир күнүнэн эҕэрдэлээн уоттаах-күөстээх тыл эттилэр, ырыа ыллаатылар.
Анатолий Еремеевич маһынан оҥорбут Ленин, Сталин сувенирдарын, о.д.а. оҥоһуктарын быыстапкатын туруорбут, оонньууга кыайбыттарга анаан бириистэри аҕалбыт, Өктөөпкө анаабыт хоһоонун аахта. Ону ааһан, сэбиэскэй кэм ырыаларыгар попурри толорон, хоһоонньутун, хомусчутун, мас ууһун таһынан ырыаһыт дьоҕурун арыйан, көрөөччүлэр сүргэлэрин көтөхтө. 89 сааһыгар сылдьар тыыл бэтэрээнэ Александр Михайлович тойук туойан доллоһутта. Марфа Алексеева салайааччылаах “Умсулҕан” драма устуудьуйатын кыттыылаахтара Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха дьахтарын 7 мэтириэтин” оонньоон көрдөрөн, дьон биһирэбилин ыллылар.
Ахтылҕан киэһэтин викторинатын Анна Павлова бэлэмнээн ыытан, бириистэри туруоран, оонньуу кыттыылаахтара үгүстэрэ бэртээхэй бириистэри туттулар.
Ариадна Филиппова салайааччылаах “Көмүс кэм” түмсүү гражданскай сэрии дьоруойа Кеша Алексеев пааматынньыгар сыллата оҥорор үтүө үгэһинэн тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурда.
Биэчэр муусукатын, уотун-күөһүн Олег Федоров таҥан, сэргэхтик ыытта.
Тэрийээччилэр уонна ыытааччылар ахтылҕан киэһэтиттэн бэтэрээннэр үөрэн-көтөн баралларын ситиһэн, дьон махталын ыллылар.
Марелла Баишева.