‒ 1974 сыллаахха туттуллубут саҥа Сэбиэскэй үһүгэр, биһиги 1978 сыллаахха Старостиннар дьиэ кэргэн көһөн кэлбиппит. Арааһа бу дьиэҕэ саамай уһуннук олорбут ыал буоларбыт буолуо. Оҕолорбут бары манна улаатан, үөрэнэн, бэйэлэрэ тус ыал буолан сиэн, хос сиэн бэлэхтээбиттэрэ. Уопсай дьиэҕэ олорор ыаллар бары биир дьиэ кэргэн курдук доҕордуу сыһыаннаахтык олорбуппут. Бэйэ-бэйэҕэ туох тиийбэтинэн көмөлөсүһэн күн бүгүнүгэр диэри эйэлээхпит. Оҕолорбут дьиэ таһыгар бары бииргэ оонньоон, бэйэ-бэйэлэрин кытта доҕордуу сыһыаннаахтар. Сайын мээчиктээн, лапталаан, кыһынын хоккейдаан дьиэ таһа куруук оҕо саҥатынан толору буолар. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын олохтообут, саҥа дьиэлэри туппут дьоҥҥо махталбыт муҥура суох. Ол эрээри саамай кэрэ кэмнэри бэлэхтээбит дьиэбитин олус таптыыбыт, өссө да турбута буоллар олоро түһүө этибит, – диэн Альфия Старостина, доруобуйа харыстабылыгар өр сыл үлэлээбит сиэстирэ, биэнсийэлээх санаатын үллэһиннэ.
***
‒1974 сыллаахха 12 квартиралаах саҥа тутуллубут дьиэҕэ бастакы олохсуйбут дьоннор ахсааннарыгар мин төрөппүттэрим элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн Дария уонна Николай Кириллиннэр киирэллэр. Мин 1999 сыллаахха көһөн кэлбитим, быраатым Леонид бэйэтэ дьиэ туттан, көһөн дьонум дьиэтэ миэхэ бэриллибитэ. Ол кэмтэн бу дьиэҕэ үйэм чиэппэрэ манна ааста. Оччолорго бүтүн кыбартыыраҕа биир эрэ дьиэҕэ телефон баар буолар. Онно сотору-сотору ыҥырсыы буолара. Уопсай дьиэ олохтоохторо бары түмсэн, субботниктары, өрөмүөннэри тэрийэрбит. Оҕолорум бары улаатан бэйэлэрэ туспа ыал буолан, номнуо сиэннэрдээх эбээ дэтэбин. Хаарбах дьиэ бырагыраамаҕа киирсэммит, саҥа дьиэҕэ көһөр күн чугаһаан, хомуна-тэринэ, бэлэмнэнэ сылдьабыт. Олус үөрэбит. Дьонум олорбут дьиэлэрэ саҥа, таас, сылаас, сырдык дьиэҕэ тириэртэ диэн төрөппүттэрбэр махтанабын. Ыаллыыллар бары тутуспутунан уруккубут курдук ииллээхтик, эйэлээхтик олоруохпут диэн эрэллээхпин. Олохтоохтор ааттарыттан дьиэни туппут тэрилтэҕэ, олохтоох дьаһалтаҕа, улуус баһылыгар махталбын биллэрэбин. Саҥа дьиэҕэ-саҥа олох, саҥа тыын, саҥа дьон баар буоллун! – Марфа Уваровская, «Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин Сэбиэскэй уулусса 3 №-рин олохтоохторо.
Олохтоохтор урукку дьиэлэрэ
Саҥа кыбартыыра