Самаан сайыммыт үтүөтүн-кэрэтин, саймаархай күннэрин баттаһан, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Матта сэлиэнньэтин айымньылаах ыалыгар Марфа, Павел Ченяновтар ураты көстүүлээх, тупсаҕай оҥоһуктардаах тиэргэннэригэр ыалдьыттаатыбыт.
Ватсап ситимигэр үгүс дьон бэлиэтии кэрэхсии көрбүттэрэ тарҕаммыта.
Ол курдук, биһиги Маттаҕа эбээбитигэр бара сылдьан, баран көрдүбүт-иһиттибит.
Марфа Петровна олус эйэҕэс, үөрэн мичилийэ көрсөн, тэлгэһэтин, араас тутууларын көрдөрөн кэпсээтэ.
Салгыы өссө ситэриллиэхтээх былааннарын билиһиннэрдэ, бэлиэтээтэ.
Маҥнай, олус тупсаҕай оҥоһуулаах фонтаҥҥа киһи хараҕа быраҕыллар, ону тэҥэ күрүлээн түһэр сиэдэрэй көстүүлээх бэйэ оҥоһуута водопады киһи көрөн сөҕөр-махтайар.
Маны таһынан, дьиэ-кэргэн сынньанар муннуга беседка баар. Тэлгэһэлэрэ араас бэйэлээх дьэрэкээн сибэккилэринэн симэммит, тэлгэһэрин толору киэргэтэр.
Марфа Петровна салгыы оҕуруотун көрдөрбүтэ. Ченяновтар дьиэ кэргэн тиэргэнин сырдык эйгэтиттэн, кэрэ көстүүтүн көрөн киһи санаалыын сынньанарга дылыгын.
Марфа, Павел дьиэ кэргэҥҥэ махтанан туран, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, өрүү да маннык дьону-сэргэни угуйан, үөрүү бэлэхтии тураргытыгар баҕарабыт.
Санаабыккыт сатанан, туппуккут тупсан, сиппиккит силистэнэн, оҥорбуккут олохтонон иһиэхтин!
Нюргуяна Шергина